Олунньу ый 15-16 куннэригэр
Бўлўў улууhугар ХII республикатааґы кыра уонна
орто саастаах уолаттарга Чинэкэ бєhўєлэгэр «Ыллаа-туой, уол
оґо» диэн ырыа кўрэґэ буолан ааста. Бырайыак ааптара Лугинова Зинаида Петровна,
Уус- Алдан улууhун ырыаґа учуутала. Кўрэххэ барыта 300-тэн тахса оґо
кытынна, уонча араас улуустан кэлбиттэр.
Биhиги оскуолабытыттан 3
ансаамбыл, 3 солист оґо кытыннылар. Ол курдук, «Хоhуун» 5в кылаас коллектива
(кыл. сал.: Мыреева М.В.), «Дьўрўскэн» 2в кылаас коллектива (кыл. сал.:
Яковлева Т.И., муз. сал.: Сивцева М.П.), 2а кылаас ансаамбыла (кыл. сал.:
Мальцева Л.Р., муз. сал.: Нестерова Р.В.), Тараховскай Марк 2в кылаас
ўєрэнээччитэ (кыл. сал.: Сивцева М.П.), 6а кылаастан Николаев Кирилл, Байрамов
Заур дуэттара (муз. сал.: Нестерова Р.В.)
Биhиги оґолорбут ситиhиилээхтик
финалга дылы кытыннылар. Ол курдук кўрэх аhыллыытыгар «Хоhуун»
ансаамбыл ыллаабыта. Иккис кўн сарсыардаттан салайааччыларга семинар
ыытыллынна. Салайааччылар санаа
атастастылар, тўмўккэ уопут атастаhыыга туоhу
суруктары туттулар. |