Бўлўўгэ
«Тўўрк эйгэтэ» республикатааґы
научнай-практическай конференция
Оґону чинчийэр ўлэґэ кєґўлўўр, бэйэтин норуотун култууратын єрє тутарга иитэр уонна норуот историятыгар дирињ
ытыктабылы ињэрэр сыаллаах «Тўўрк эйгэтэ» республикатааґы научнай-практическай
конференция Советскай Союз Геройа Николай Саввич Степанов аатынан Бўлўўтээґи 3
№-дээх орто оскуолаґа олунньу ый 28, кулун тутар 1 кўннэригэр буолан
ааста.
Бу тэрээhини Ўєрэґи сайыннарар уонна
идэни ўрдэтэр институт, М.А.Алексеев аатынан Ўєhээ Бўлўўтээґи республиканскай гимназия, Бўлўў улууhун ўєрэґириитин салалтата, Бўлўўтээґи 3 №-дээх орто оскуола ўрдўк
таhымнаахтык тэрийэн ыыттылар.
Конференцияґа барыта 28 улахан кићи, 113
ўєрэнээччи кытынна. Балаhыанньа быhыытынан кэтэхтэн кыттыы эмиэ
кєњўллэнэр этэ, онон барыта – ўрдўттэн 109, кэтэхтэн 32 дакылаат киирдэ. Тааттаттан,
Мэњэ-Хањаластан, Ньурбаттан, Ўєhээ Бўлўўттэн, Бўлўў ыраах-чугас оскуолаларыттан
оґолор да, учууталлар да кытыннылар.
Дьўўллўўр сўбэґэ уопсайа 24 эксперт историческай
наука доктора Архипов Н.Д., педагогическай наука кандидата Васильев Н.И., Ўєрэґи сайыннарар уонна идэни
ўрдэтэр институт специалиhа Тарабукина Е.К., Ўєрэґи сайыннарар уонна идэни
ўрдэтэр институт саха тылын уонна литературатын кафедратын преподавателэ
Ядрихинская Ф.В., Бўлўў
улууhун ўєрэґириитин салалтатын специалиhа Игнатьева Н.Д. бэрэссэдээтэллээх ўлэлээтилэр.
Икки
кўннээх конференция
тўмўгўнэн кыайыылаахтарынан
буоллулар:
История уонна этнография секциятыгар Боескоров Денис (10 кылаас, Ўєhээ Бўлўў улууhун Сургуулук орто оскуолата)
«Эвенкийское влияние на культуру якутов севера Верхневилюйского улуса в 19-20
вв.» ўлэтинэн 1м., Яковлев Дьулусхан (8 кылаас, Бўлўў улууhун Єкўндў ситэтэ
суох орто оскуолата) «Ритуальные маски народов Сибири», Бурцева Любовь (3 кылаас, Бўлўў куоратын алын кылаас оскуолата) «Особенности
народного этикета якутов» дакылааттарынан
2м.,
Осипов Михаил (9 кылаас, Ньурбатааґы техническэй лицей) «Якутский нож как феномен
исторической культуры народа Саха», Павлова Мария (10 кылаас, Ўєhээ Бўлўў Нам
орто оскуолата) «Якутский лук: от истоков к современности» ўлэлэринэн 3 м. Бастыњ дакылааттары
суруйбут оґолор научнай салайааччылара – учууталлар Протопопова Е.П., Николаева Н.С., Колпакова Г.Т., Саввинов В.М.
Култуура
уонна фольклор секцияґа Михайлова Марина (7 кылаас, Бўлўўтээґи 3 №-дээх орто
оскуола) «Хаппар – нарядная сумочка якутов» дакылаатынан 1 м.; Афанасьев
Николай (9 кылаас, Бўлўўтээґи 3 №-дээх орто оскуола) «Ўс кут – саха
итэґэлигэр», Иванов Прокопий (7 кылаас, Ўєhээ Бўлўў 1 №-дээх орто оскуолата) «Культ
солнца у славян и народа Саха», Васильева Диана (9 кылаас, Ньурбатааґы
техническэй лицей) «Семейные обычаи и традиции якутов» ўлэлэринэн 2 м.; Борисов
Юрий (8 кылаас, Ўєhээ Бўлўўтээґи республиканскай гимназия) «Арангасный вид захоронения»,
Иванова Амалия (5 кылаас, Ўєhээ
Бўлўў улууhун Сургуулук орто оскуолата) «Ыhыах уонна сабантуй – национальнай
бырааhынньыктар», Гаврильева Сардаана (9 кылаас, Ўєhээ Бўлўў улууhун Нам орто оскуолата) «Олоњхоґо ыал буолуу»
дакылааттарынан 3 м. буоллулар. Оґолор ўлэлэрин учууталлар Муксунова М.К.,
Сыромятникова А.П., Егорова А.А., Никифорова М.М., Борисова М.С., Иванова А.С.,
Семенова Л.В. салайбыттар.
Филология секциятыгар Кириллина Юлия
(8а кылаас, Бўлўўтээґи гимназия) «Тўўрдўў уонна английскай тыллар
этимологияларын уратылара» ўлэтинэн 1 м.; Семенова Снежана (9 кылаас, Ўєhээ
Бўлўў улууhун Хоро орто оскуолата) «Кєс биис кєлєтє – тыл баайыгар», Николаева Сайаана
(8 кылаас, Бўлўўтээґи гимназия) «Русская бытовая лексика в речи билингвов»
дакылааттарынан 2 м.; Санникова Сардаана (9 кылаас, Ўєhээ Бўлўў улууhун Хоро
орто оскуолата) «Уруулуу кыргыз, саха тыллара», Алексеева Нина (10 кылаас,
Бўлўў улууhун Лєкєчєєн
орто оскуолата)
«Лексика свадебного обряда якутов» ўлэлэринэн 3 м. буолбут оґолору
салайааччылар Егорова М.Н., Назарова А.Е., Игнатьева С.С., Бабаранова Е.Н., Федорова
М.С. кытыннарбыттар.
Саха сирин историята уонна култуурата секцияґа 34 дакылаат истилиннэ. Бастакы миэстэґэ
бастыњ ўлэлээх Сидоров Ян (8 кылаас, Ўєhээ Бўлўў
улууhун Далыр орто оскуолата) «Народные настольные игры» дакылаатынан
тигистэ. Хабытов
Кеша (10 кылаас, Ўєhээ Бўлўў улууhун Сургуулук орто оскуолата)
«Топонимика Сургулука», Алексеева Аяна (10 кылаас, Бўлўў улууhун Лєкєчєєн орто оскуолата)
«Кўєл балыга – єбўгэ тєрўт аhа» ўлэлэринэн 2 м.; Шамаева Сахалина (11 кылаас, Бўлўў
улууhун Лєкєчєєн орто оскуолата) «Якутские орнаменты», Кылтасова Кэрэчээнэ (11
кылаас, Ўєhээ Бўлўўтээґи республиканскай гимназия) «Таба – хотугу омуктар кэскиллэрэ» дакылааттарынан
3 миэстэлэри ылары ситистилэр. Салайааччылара – МоековаЭ.В., Алексеева З.М., Федорова М.С., Федорова К.Е., Захарова С.П.
«Ўєрэнээччи личность буола
сайдыытыгар тюркология оруола» секцияґа учууталлар, салайааччылар, тєрєппўттэр,
иитээччилэр кытыннылар (28 дакылаат). Софронеева Л.М., Бўлўў улууhун оскуола
иннинээґи «Туллукчаан» оґону сайыннарар киинин саха тылын учуутала «Оскуола
иннинээґи саастаах оґолорго, тєрєппўттэргэ анаммыт «Ўнўгэс» рубрика»
дакылаатынан бастакы бириистээх миэстэґэ тигистэ; Анисимова А.П., Таатта
улууhун Г.Х. Кашкин аатынан Даайа-Амма орто оскуолатын алын кылааhын учуутала «Якутский орнамент», Семенова
Л.В., Ўєhээ Бўлўў улууhун Нам орто оскуолатын саха тылын, литературатын
учуутала «Олоњхо – олох оскуолата», Афанасьева А.Д., Мэњэ Хањалас улууhун
Аллараа Бэстээх 1 №-дээх орто оскуолатын учуутала «Социальная консолизация
общества по поддержке детей и подростков в формировании гражданственной
личности» дакылааттарынан иккис бочуоттаах миэстэґэ тигистилэр. Ўћўс миэстэґэ
Семенова Р.С., Н.Г. Чернышевскай аатынан Бўлўўтээґи педагогическай колледж
преподавателэ «Алгыhынан олоруоґуњ», Сыромятникова А.П., Советскай Союз Геройа
Н.С. Степанов аатынан Бўлўўтээґи 3 №-дээх орто оскуола математикаґа учуутала
«Задачи из олонхо», Андреева Н.Н., Ўєhээ Бўлўў улууhун Балаґаннаах орто
оскуолатын учуутала «Тенгри – Хан
названный сын его Христос» дакылааттарынан тигистилэр. Маны таћынан
оґолорго да, улахан дьоњњо да секция ахсын «Оригинальный взгляд на проблему», «Новизна темы», «Речевое мастерство», «Юный
исследователь» анал ааттар ињэрилиннилэр,
педагогическай наука кандидата, Казахстан республикатыгар Туркестан
университетын преподавателэ, «Тўўрк эйгэтэ» конференцияны тєрўттээччи Николай
Иванович Васильев анал бириистэрэ ананнылар. Улахан дьоњњо Н.И.Васильев анаабыт
«Творчество и мастерство» номинациятыгар Герой Н.С.Степанов аатынан оскуола
саха тылыгар, литературатыгар учуутала, директоры иитэр-ўєрэтэр ўлэґэ
солбуйааччы Муксунова М.К. тигистэ; оґолорго – Софронова Сайаана (11 кыл.), Ефремов Феодосий (7 кыл.), Герой Н.С.Степанов аатынан оскуола
ўєрэнээччилэрэ, Максимов
Захар, Ўєhээ Бўлўў улууhун Сургуулук орто оскуолатын 7 кылааћын
ўєрэнээччитэ.
Н.И.Васильев конференция ситиhиилээхтик
ыытыллыбытыгар Герой Н.С. Степанов аатынан оскуола коллективыгар улахан
махталын биллэрдэ.
Наталья Игнатьева, Бўлўў улууhун
ўєрэґин
салалтатын
специалиhа
|