Саха
бастакы лингвист - учуонайа С.А. Новгородов тєрєєбут кўнўгэр - олунньу 13 кўнўгэр
СР бастакы Президенэ М.Е. Николаев Ыйаа5ынан 1996 сылтан тєрєєбўт тыл, сурук-
бичик кўнэ бэлиэтэнэр. Быйыл президент
Е.А. Борисов дьаhалынан
республикаґа олунньу 12-23 кўннэригэр тєрєєбўт тылга аналлаах декада ыытыллар,
оттон биhиги
улууспутугар нэдиэлэ саґаланна.
Биhиги оскуолабытыгар олунньу 13 кўнугэр тєрєєбўт тылга аналлаах нэдиэлэ арылынна. Бу
кўн кылаас аайы С.А. Новгородовка аналлаах кылаас чаастара ыытылыннылар.
Нэдиэлэ устата учууталлар, оґолор сахалыы
тањас кэппиттэрэ олус кэрэхсэбиллээхтик кєhўннэ.
Бу
кун оскуола салалтата, саха тылын учууталлара уонна тєрєєбўт тылы
сэњээрээччилэр «Алгыс» сынньалањ киинигэр «Тєрєєбўт тылым – омугум кэскилэ»
диэн тєрєєбўт тылбытыгар аналлаах нэдиэлэни ўєрўўлээхтик арыйыыга сырыттылар. Бу тэрээhињњэ
биhиги
оскуолабыт 2 кылааhын
ўєэнээччилэрэ (Кылаас салайааччыта: Яковлева Т.И.) сахалыы хоhоон аахтылар, хомуска доґуhуоллаан ырыа ыллаан дьиэрэттилэр.
Тўмўгэр
саалаґа мустубут дьон А.И. Софронов-Алампа суруйбут «Саха ырыатын» сўhўєхтэригэр туран бары бииргэ ыллаатылар. |