Оскуолабыт иһигэр олунньу 13 күнүгэр Тіріібµт тыл уонна
сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол
курдук, сарсыарда оскуола±а кэлбит үөрэнээччилэри, учууталлары, төрөппүттэри
арыылаах алаадьынан көрүстүлэр. Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара
сахалыы таҥас кэтэн µірµµлэрэ µгµс этэ. Саха бастакы алпаабытын төрүттээччи
С.А. Новгородов тіріібµтэ 125 сылын уонна Саха букубаара 100 сылын кірсі µірµµлээх
линейка ыытылынна. Бу кµІІэ алын сµґµіх кылаастарга саамай элбэх сахалыы таҥаһы
кэтэн кэлбит кылааһынан 3 «А» кылаас коллектива буолла – кылаас салайааччыта
Мальцева Л.Р., орто сүһүөххэ – 5 «Б» уонна 7 «Б» кылаас үөрэнээччилэрэ
буоллулар.
Бу күн 8,9,10 кылаас үөрэнээччилэригэр «Тыл оонньуута»
диэн ійµ сайыннарар оонньуу буолан ааста. Оонньуу барыта 7 түһүмэҕинэн барда.
Ол курдук, хамаандалар эрдэттэн аат толкуйданан, сирдьит булунан, биир кэлим таҥастанан
бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ. Иккис түһүмэх, ТҮРГЭН КҮРЭХ - манна хамаанда аайы 3-түү
саха тылыгар сыһыаннаах ыйытыктар бэрилиннилэр. Үһүс түһүмэх,
АНАГРАММА-ХАЙЫҺАРДЬЫТТАР диэн тылтан тыл таһаарыы. Төрдүс түһүмэх, иннинэн
уонна кэннинэн биирдик ааҕыллар тыллары ааттаталааһын. Бэһис түһүмэх, өс хоһооннору
ситэрии. Алтыс түһүмэх, хапытааннар күрэхтэрэ-манна бэриллибит Платон
Алексеевич Ойуунускай хоһоонун уус-ураннык ааҕыы күрэҕэ. Уонна сэттис түһүмэх,
түмүк. Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни 8 «В» үөрэнээччилэрэ "Күн» хамаанда эрэллээхтик ылла. |