Кулун тутар 7 кўнўгэр 2012 с. 6в
кылаас кэрэ кыргыттарын «Кэрэчээнэ - 2012» кўрэхтэрэ буолла.
Кўрэххэ кылаас 5 кыыhа кытынна. Кўрэґи СР ўєрэґириитин туйгуна, саха
тылын уонна литературатын учуутала Дмитриева А.А. бэрэссэдээтэллээх кылаас 3 уола уонна 2 тєрєппўт дьўўллээтэ. Бырааhынньыктыы киэргэтиллибит кылааска кўрэґи кылаас
салайааччыта Муксунова М.К. иилээн-саґалаан ыытта.
Кўрэх тўмўгўнэн «Кэрэчээнэ 2012»
аакка мєккўєрэ суох Михайлова Марина таґыста. «Кєрєєччў биhирэбилэ» анал лиэнтэни Поскачина Соня кэттэ
уонна «Уран тыл умсулґана» анал аакка тигистэ. Маны таhынан,
Андреева Мичээрэ «Талба талаан», Иванова Маша «Субуллар суhуох», Николаева Даша «Єркєн єй», Михайлова
Наташа «Оhуордаах
ойууhут» анал
аакка тигистилэр, кыргыттар бары бэлэх туттулар.
«Кэрэчээнэ - 2012», «Кєрєєччў биhирэбилэ» лиэнтэлэри, 6 махтал суругу кылаас
салайааччыта ўбўлээн оњордо, бэлэхтэри тєрєппўттэр ўбўлээтилэр.
Кўрэхтэн, бырааhынньыктан кыргыттар, тєрєппўттэр дуоhуйан, астына сынньанан тарґастылар. Кылаас салайааччыта: Муксунова М.К.
|