Олунньу 13 кўнўгэр –
тєрєєбўт тыл, сурук-бичик кўнўгэр анаммыт
«Єркєн єй» кўрэґэ
Маннык ааттаах тыл кўрэґэ биhиги
оскуолабытыгар алын кылаас ўєрэнээччилэригэр анаан ыытылынна. Кўрэґи саха тылын
учуутала Игнатьева Наталья Дмитриевна тэрийэн ыытта.
Кўрэххэ балаhыанньа
быhыытынан, саха уонна нууча тыллаах
кылаас аайыттан 4 оґо кыттан, барыта 32 ўєрэнээчччи кыттыыны ылла.
Оґолор бары сахалыы тањас кэтэн, 4 араас бєлєґўнэн («Кустук», «Чуораанчык»,
«Кыталык», «Туллук») арахсан ўлэлээтилэр.
Кыттааччылар кўрэх устатыгар
таабырын таайсыыта, тургутук ыйытыыларга хоруйдааhын, ребустары таайыы, анаграмманы таhаарыы,
тылтан тыл ўєскэтии курдук сорудахтары толордулар.
Тўмўккэ 25 баалы ылан,
«Туллук» хамаанда кыайыылааґынан
таґыста. Хамандыыр: Буслаева Сайыына, 4б кылаас ўєрэнээччитэ.
Кыттааччыларга барыларыгар туоhу суруктар, кыайыылаахтарга
бириистэр туттарылыннылар. Кўрэх,
«Саха омук тыла ўрўйэ уутун курдук сэргэх, сир симэґин курдук сиэдэрэй» эбит
диэн Амма Аччыгыйа эппит тыл туhунан иhирэх этиитинэн тўмўктэннэ. |