Бу сайын бэс ыйын 25 кўнўттэн от ыйын 9 кўнўгэр
диэри ўєрэґи сайыннарар уонна идэни ўрдэтэр институт былаанынан Алтаай
Республикатыгар тэриллибит «История и культура алтайцев как средство
поликультурного образования и воспитания» стажировкаґа, тюркологическай
экспедицияґа оскуола учууталлара Муксунова М.К. уонна Кычкина О.И.
иитиллээччилэрин Андреев Виталийы (9 б кылаас), Михайлова Маринаны (6 в
кылаас), Кузьминов Алигы (8 б кылаас) илдьэ баран кэллилэр.
Бэс ыйын 27-28 кўннэригэр учууталлар уонна ўєрэнээччилэр
В.К.Плакас аатынан республикатааґы гимназияґа норуоттар икки ардыларынааґы
«Тюркский мир как фактор развития поликультурной общности и идентичности»
НПК-ґа ситићиилээхтик кытыннылар. Саха тылын, литературатын учуутала Муксунова
М.К. салайар оґолоро Михайлова М. иккис миэстэ, Андреев В. «Новизна темы» анал
аат, алын кылаас учуутала Кычкина О.И. иитиллээччитэ Кузьминов А. ўћўс миэстэ
буолары ситистилэр.
Экспедицияны ўєрэґи сайыннарар уонна идэни ўрдэтэр
институт тєрєєбўт тылга кафедратын сэбиэдиссэйэ Шишигина В.Р., педагогическай
наука кандидата Васильев Н.И., историческай наука доктора Архипов Н.Д.,
историческай наука кандидата Самаев Г.И. салайдылар. Фото
|